ТОП просматриваемых книг сайта:
Айар
Все книги издательства АйарАннотация
Какие могут быть заботы и проблемы в жизни современного подростка? Да какие хочешь: пьющие родители, буллинг, хулиганства, уголовщина, ранняя половая жизнь. В арсенале социального педагога и учителя со стажем Яны Протодьяконовой таких историй – вагон и маленькая тележка. Истории со счастливым концом и не очень, истории, которые чему-либо учат, а иногда уже и учить-то поздно… Окунемся в мир дивных юных созданий?
Аннотация
Война – это всегда страдания и потери для любой стороны. Но трудные времена проявляют самые глубинные стороны человека, о которых он сам мог даже не подозревать… Честь, долг перед родиной, обостренное чувство справедливости, и, конечно, любовь – то, что не теряет ценности ни в какие времена. Это очередной раз доказывают отголоски из прошлого, со времен войн, близких и далеких.
В сборник вошли рассказы писателей-ленчан Сергея Москвитина и Михаила Сиванкова, основанные на реальных событиях, где глазами свидетелей описываются события, происходящие в наше время.
Аннотация
Историческая повесть Николая Степанова «Жёлтые слёзы дьявола» – это уже не первый литературный опыт автора в освещении значимых событий в жизни народа саха.
Повесть «Жёлтые слёезы дьявола» погружает нас в события начала XVII века и дает свою интересную и самобытную трактовку освоения русскими первопроходцами территории Якутии. Автор ярко и красочно описывает верования, представления и традиции народа саха.
Это произведение будет интересно всем тем, кто хочет познать ход истории народа саха и любит приключенческий жанр.
Аннотация
Булт диэн оонньуу буолбатах… Айылҕа бэйэтэ туспа сокуоннаах, булчут киһи ураты сиэрдээх. Сонорго суруллубут суруктары таайан, ону кичэллээхтик кумааҕыга тиһиликтээн, ааптар ааҕааччыга утары ууммут сонун кэпсээннэрэ чахчы да киһини долгутар, дириҥ толкуйга түһэрэр кыахтаахтар. Кинигэҕэ киирбит күннээҕи кэпсээннэр, мүччүргэннээх сырыылар, күлүүлээх, дьээбэлээх түгэннэр – барыта дириҥ ис хоһоонноох, ырааҕы-киэҥи анааран көрөр, дьон-норуот, сир-дойду туругун ырыҥалыыр, сэҥээриини тардар айымньылар буолаллар.
В книгу вошли захватывающие рассказы и заметки настоящего сына Севера, для которого охота – не праздное времяпрепровождение, а настоящее противостояние с недобрыми силами и общение с живой природой, связь с предками, философия жизни.
Прикосновение к параллельному миру, удивительные повести алданской тайги, охотничьи секреты, порой и смешные, и страшные истории, гармонично вплетенные в ткань повествований, являются особенностью этой книги, что непременно оценит взыскательный читатель.
Аннотация
Кинигэҕэ суруйааччы икки айымньыта киирдэ. «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» кэпсээнинэн 40-с Москватааҕы Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин Гран-при лауреата «Тойон Кыыл» («Царь-птица») киинэ сценарийа суруллубута. Иккис кэпсээҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэ ойууланар. Сүрүн дьоруой прототибынан В. Яковлев кэргэнин аҕата Т.И. Кулаковскай буолар.
Аннотация
Бу киһи уйулҕатын хамсатар кэпсээннэр дьиҥ олоххо тахсыбыт чахчыларга олоҕуран сурулуннулар. Бүгүҥҥү устар олоххо, хомойуох иһин, маннык көстүүлэр тахса тураллар. Киһи дьылҕата бэрт кыраттан үлтүрүйүөн сөбүн ааптар сиэрдээхтик сэрэтэр, бэйэ-бэйэни истиһэ үөрэниэххэ, харыстаһа сатыахха диэн ыҥырар.
«Крик души»… Так можно назвать новый сборник рассказов, основанных на реальных событиях. К сожалению, и в сегодняшней жизни происходят такие нехорошие, а порою трагические происшествия. Чуточку внимания, чуточку заботы – вот чего не хватает близким и окружающим от нас в нынешнее время, что может привести к неожиданным последствиям.
Аннотация
Эдэркээн Сима Унаарап, университекка киирэн, бүтэриэр диэри устудьуоннуур олоҕо – маҥнайгы туҥуй таптала, кэскиллээх сырдык ыралара, оччотооҕу ыччат араас кыһалҕата киэргэтиитэ суох көстөр. Биир сокуонунан салайтарар, биир тэҥ быраабы тутан олорор улуу дойдуга кырдьыктаах сыһыан туһугар туруулаһарга тиийиллэр. Бэйэни сайыннарарга кыһаллыбатаххына, ким даҕаны ытыскар аҕалан ууран биэрбэт. Ити туһунан ааптар уус-ураннык, өйдөнүмтүө судургу тылларынан суруйбутун ааҕыаххыт.
Аннотация
Биллэр суруналыыс, суруйааччы Данил Макеев «Таҥнарыахсыт» диэн сэһэнигэр Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр буруйа суоҕар буруйданан штрафной ротаҕа түбэспит саха саллаатын туһунан умсугутуулаахтык кэпсэнэр. Оттон «Ини-биилэр» диэн айымньыга үс бырааттыылар сэрии эрэйин-муҥун ааһан, саха киһитигэр үтүө аата, чиэһэ туохтааҕар да күндүтүн туһунан суруллар. Ону таһынан ааптар ааҕааччыны толкуйдатар кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрэ киирдилэр.
Аннотация
Күндү ааҕааччы, соторутааҕыта аҕай курдук этэ дии, уларыта тутуу тыынын өрүкүйэ көрсүбүппүт, көҥүл чэгиэн салгына түөспүтүн киэптээбитэ! Ол инникигэ эрэли саҕар кэм илдьитэ буолан, бу сэһэн 1980-с сыллар бүтүүлэригэр сахабыт дьоно-сэргэтэ тыа сиригэр, интэлигиэнсийэтэ куоракка хайдах – үлэлээн-хамсаан, тугу ыраланан, туох кыһалҕаланан – олох олорон ааспыттарын ырылыччы көрдөрөр.
Дьокуускай куоракка 1986 сыл сааһыгар катокка тахсыбыт күлүгээннии быһыы уопсастыбаҕа тыҥаан турбут быһыыны-майгыны, кутургуйаны тоҕо тарпыт курдук, төлө тардан устудьуон ыччат айдааныгар кубулуйбута, бүтүн Сойууска дуорааннаммыта. Ааптар токурутан өйдөөһүн түмүгэр саха норуотугар омугумсуйуу күлүгэ түһэриллибитин, онтон төрүөттэнэн ылыллыбыт сыыһа дьаһаллар уопсастыбабыт олоҕор хайдах сабыдыаллаабыттарын итэҕэтиилээхтик сэһэргиир.
Аннотация
Оҕо улаатан истэҕин аайы хайа эмэ кэрдиис кэмҥэ эмискэ уларыйарын, арыт олус уйан, кыҥкый эбэтэр хаппырыыс буоларын төрөппүт бэлиэтии көрүөн сөп. Маннык кэрдиис кэми сөпкө өйдөөн этэҥҥэ аһарыныы оҕо салгыы сайдарыгар улахан суолталаах. Оҕону мөҕөн-этэн, кыыһыран-тымтан, бобон-хаайан «иитэр» табыллыбат, ол оннугар өйдөнүмтүө тылынан, холобура, остуоруйа көмөтүнэн быһаарар сүрдээх туһалаах.
Онон бу хомуурунньукка, төрөппүттэргэ көмө буоллун диэн, оҕо уон араас хаппырыыһын тохтотор уон айымньыны түмтүбүт. Бу айымньылар оҕо кыҥкыйдыырын, туохтан эрэ куттанарын, санааргыырын аһардыахтара.