ТОП просматриваемых книг сайта:
Таайыллыбат дьикти күүс. Огдо
Читать онлайн.Название Таайыллыбат дьикти күүс
Год выпуска 2022
isbn 978-5-7696-6357-4
Автор произведения Огдо
Серия Кістμбэт эйгэ кистэлэІэ
Издательство Айар
Дьон… Өлбүт дьон, тыыннаах дьон – олор ортолоругар олоро үөрэммитэ. Билигин ол бастакы саҕалааһыныттан бириэмэ бөҕө ааста. Билигин сааһыланан, бэрээдэктэнэн, өлбүт дьоннуун атын эйгэҕэ кэккэлэһэ сылдьан кэпсэтэр, быһаарсар буолла. Сылын аайы күүһүрэн иһэрин билэннэр, билбэт күүстэрэ көмөлөһөр буолбуттара. Суор буоларын билбитэ: үөһээнэн сундулуччу көтөр, уу анныгар төһө баҕарар устан киирэн, ууга түспүт дьоннуун кэпсэтэр буолбута.
Билигин бу хаартытын иннигэр ууран, илэ көрсөн, бокуонньуктуун кэпсэтэр кэм кэллэ:
– Тоҕо сытаҕын итиннэ?
– Манна чуумпу, уоскулаҥ ээ…
– Дьонуҥ көрдөөн эрэй бөҕөтүн көрдүлэр дии.
– Билигин тымныы. Үлэтэ бэрт… Саас, сир-халлаан ириитэ, тахсыам. Ийэбэр этээр, ыам ыйын 20–25 күннэригэр күөлү манаатын: тахсыам бэйэм. Инньэ диэн ийэбэр тиэрдээр, билигин көрдөөбөтүннэр, – уол элбэҕи кэпсээтэ, дьонун, олоҕун туһунан.
– Сөп, саас ити күннэргэ ийэҥ күүтүө, илдьиккин барытын этиэҕим, – хаарты кэпсээн бүттэ. Чараас эйгэни Араҥаччы оргууй сапта.
Аны саамай ыарахана хаалла – уол ийэтигэр тиэрдии. Ийэ барахсан, сүрэҕэ толугуруу мөхсөн, бу кыра дьахтарга итэҕэйдэ: уол ийэтин илиитигэр туттарылынна.
Араҥаччы аны билэр – ким киниэхэ итэҕэйэрин, ким итэҕэйбэтин. Билигин көрбүөччүлэр элбэхтэр, араастаан көрөллөр: ким илиитинэн, ким чүмэчинэн, ким хаартысканан, ким уруһуйунан. Оттон Араҥаччы киэнэ – хаарты. Эбэтиттэн алгыстаммыт, эбэтин сырдык тыына, сылаас тарбаҕын имэ иҥмит хаартыта… Араҥаччы диэн ааты, дьиҥинэн, эбэтэ биэрбитэ: сахалыы дьоҥҥун-сэргэҕин араҥаччылыы сырыт диэтэҕэ. Оттон кинини бары Анжеланан билэллэр: Анжелика, Анжела, Анджела, Араҥаччы. Баҕар кэлин, ситтэхпинэ-хоттохпуна, эбэм арчылаабыт алгыстаах аатын ылыныам дии саныыр.
Бүгүн эмиэ өлбүт киһилиин киирэн кэпсэттэ: олоҕун, туохтан эрэйдэммитин, хайдах маннык буолбутун – барытын кэпсээтэ. Бары араас оҥоһуулаахтар: санаммыттар да бааллар, алҕас да өлөөхтөөбүттэр, дьон да сэймэктээн өлөртөөбүт дьоно бааллар. Ыарахан, ыарахан… Ол гынан баран, кини тыыннаах дьоҥҥо көмөлөһөр үрдүк аналлааҕын билэр.
Саханы саха дэтээри уйгулаах хонноҕор олохсуппут Өлүөнэ эбэбит хара уутун күүстээх дохсун долгуннара тугу кистээн сытыаралларын ким билиэй, ким да билбэт курдук. Ол гынан баран, ону билэр киһи баар! Долгуҥҥа оҕустаран, манна икки кырачаан кыыс ийэлэрин кытта ууга былдьаммыттара. Ийэлэрин быыһаабыттара. Биир кыыс өлүгүн тута булбуттара, иккис кыысчаан ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ… Анжеланы олох кэлин көрдөспүттэрэ. Сир үрдүгэр иччи сүрдээх элбэх, ону таһынан муммуттар, анараа дойдуга сатаан барбатахтар, сатаан хараллыбатахтар – муҥнаммыт дууһалар элбэхтэр. Ону Анжела барыларын көрөр, кинилэр быыстарыгар сылдьар, өлбүт дьоннуун кэпсэтэр, кининэн илдьит да ыыталлар, баҕаларын да этэллэр. Бу – кини анала-чааһа, өбүгэлэрин кытта ситимэ, хаартытын суола. Өлүөнэ биэрэгэр тиийээт, кэлбитин биллэрэн, бэйэтин сиэрин-туомун ыытта. Хайа үрдүн көрбүтэ: сир-дойду иччилэрэ сүүрэкэлии аҕай сылдьаллар, кинини сэҥээрэллэр, аллара диэки өҥөҥнүүллэр. Улуу Өлүөнэ өрүс уута күүстээх, уута дириҥ.
– Леночка, мин эйиэхэ кэллим… Бааргын дуу, ырааппытыҥ дуу?
– Баарбын, чугас баарбын ээ, ону булбаттар дии… – диэтэ оҕо синньигэс куолаһа.
Анжела уоскуйда: сибээскэ таҕыстылар да, булар.
– Сотору эйиэхэ киириэм, куттаныма, кэпсэтиэхпит, ханна бааргын кэпсээр дии.
– Чугаспын ээ, үлтү хаһаннар, тэпсэннэр, кумаҕынан бүрүллэн хааллым.
– Куттаныма, мин сотору эйиэхэ киириэм.
Анжела хаарты уурар чуумпу сири көрдөөтө. Киһи бөҕө: аймахтар, МЧС-тар, водолазтар… Хаартылара тугу эрэ кэпсии охсоору дэлби сылыйан, ыстаҥалаһан бардылар. Оҕо дууһата чараас, ыраас, намчы, бэйэтэ аанньал буоллаҕа. Анжела ууну солоон, икки гына хайытан, түгэх киирдэ. Кыысчаан соторутааҕыта илиитин тоһуппут эбит, ол гиипсэтиттэн иҥнэн хаалаахтаабыт, бэрт кыраттан иҥнибит…
Кыысчаан наһаа элбэх киһи мустубутуттан, айманарыттан эрэйдэммитин кэпсиир:
– Хас да хонукка сытан күлэллэр-салаллар, сорохтор көрдүү да сатаабаттар, кинилэргэ тахсыахпын баҕарбаппын, арай чуумпуга тахсыам этэ, оргууй аҕай, – диэтэ уонна эбэн эттэ: – Баһаалыста, бары бардыннар.
Анжела оҕо баҕатын толорон, базаны аллара атын