ТОП просматриваемых книг сайта:
Ааспыт ааспат амтана. Даана Сард
Читать онлайн.Название Ааспыт ааспат амтана
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-2868-9
Автор произведения Даана Сард
Издательство Айар
Ити хатыламмат дьолтон, имэҥтэн?
Суох-суох, хаһан да суох.
Эттиннэр атыттар «акаары» диэн,
Сэрэттиннэр ыарыыттан, албынтан.
Ол – сарсын, оттон бүгүн —
Мин дьэдьэҥҥэ кубулуйуум.
Күн эмискэ эргийдэ миигиттэн,
Ким да суох аны аттыбар.
Сүрэҕим халлааҥҥа талаһар,
Оо, кылгас да кэмҥэ дьэдьэн кытарар.
Хойуу кыламаным быыһынан
Одуулуубун мин күнү…
Ааспыт ааспат амтана
Билигин да миигин долгутар.
Саас, даачабын хомуйа сылдьан, күүлэ түннүгүн сэҥийэтигэр эргэрбит корзинка хатаччы хатан сытарын булан ылбытым. Туох да туһата суох малы бөх кутар коробкаҕа кыыратаары гынан иһэн, тоҕо эрэ туттуммутум. Илиим барбатаҕа… Хаһан эрэ (дьиҥинэн, аҕыйах сыллааҕыта) олохпор буолан ааспыт түгэн өйбөр-санаабар биир-биир сааһыланан, өҥүн-дьүһүнүн тутан, саҥалыын-иҥэлиин чугаһаан, илэ баарга дылы буолбута…
…Кини миэхэ клубникалаах корзинаны бэлэхтээбитэ. Ыам ыйыгар клубниканы амсайар – сайыны чугаһаппыт тэҥэ. Бөп-бөдөҥ соҕурууҥҥу отону биир-биир сии олорон, мин чаһы эргиирин курдук биир тэҥник баран иһэр олохпор туох эрэ ула-рыйыы саҕаламмытын сэрэйбитим. Быһатын эттэххэ, клубника амтанын (тымныы амтанын диэхпин баҕарабын ити туһунан) мин олус сөбүлээбитим.
Оттон ити клубника сиэм аҕыйах хонук иннинэ, бээтинсэ киэһэ дьүөгэм Арина дьиэбэр көтөн түспүтэ. Кини мэлдьи итинник: төлөпүөннээбэккэ, билсиспэккэ да эрэ эмискэ баар буола түһэр уонна ол кэнниттэн балайда өр кэмҥэ сүтэн хаалар идэлээх. Арина турфирмаҕа үлэлиир, онон биир сиргэ түптээн олорбот. Оттон мин страховой компания-ҕа юристыыбын, үлэм эйгэтэ Дьокуускай куорат эҥээринэн бүтэр. Ол иһин Арина мин мэлдьи дьиэбэр баарбын бэркэ диэн билэр.
Кини ыбыс-ыарахан икки пакеты мин илиибэр аан боруогун атыллаат, туттаран кэбиспитэ. Кухняҕа илдьэн остуолга ууран баран көрбүтүм: вау, биирдэрэ – тобус-толору пиибэ, иккиһэ – сокууска эгэлгэтэ.
– Арина, туох кыһалҕатыгар маны барытын атыыластыҥ? – испэр дьүөгэм харчытын мээнэ ыскайдаабытын биһирээбэтэҕим.
– Һ-м, хайдах туох кыһалҕатыгар? Варя, мин эн курдук салгынынан тоторго өссө да үөрэнэ иликпин. Эйиэхэ аһыҥ мэлдьи суох буолааччы дии. Эбэтэр баар диэри гынаҕын дуо? – Арина көрүөх бэтэрээ өттүгэр холодильнигы арыйа биэрээт, «барыта өйдөнүллэр» диэбиттии, тута «лап» гына саппыта. Чахчы да холодильник полкаларыгар киһи хараҕа хатанара туох да суоҕа. Бэркэ гыннар паачы-калаах кефир, дьэҥкир иһиккэ кыракый арыы куһуоччуга уонна вазочкаҕа барыанньа баар буолара. Мин дьиэбэр киэһэ ас астамматым кэриэтэ. Биирдэ эмэ спагетти эбэтэр рис буһарабын.
Арина, оҕотун тото-хана аһатар соруктаах кыһамньылаах ийэ курдук туттан-хаптан, аһын-үөлүн орообутунан, остуолга тэниппитинэн барбыта.
Истиэнэҕэ ыйанан турар ыскааптан «Мюнхен» диэн суруктаах улахан куруускалары ойутан таһаарбыта уонна «Бавария» диэн пиибэтин кутуталаабыта. Грильгэ сосискалар сырдьыгыначчы бу һан, сыалара-арыылара аллан, «миигин баһаалыста сиэҥ, амсайыҥ» диэбиттии, телевизорынан көстөр реклама аһын санаталлара.
– Хата, эн биһикки ханна да ырааппаккабыт эрэ Баварияҕа олорор курдукпут! – дьүөгэм барахсан ити түгэҥҥэ олус да дуоһуйбут көрүҥнээҕэ, үөрэн мичилийбитигэр ыйаастыгас харахтара соппутуой курдук буола түспүттэрэ.
– Чэ, давай! Чтобы завтрашний день был гораздо лучше, чем сегодняшний! – диэн кини саҥа аллайбыта. Сарсыҥҥы күн бүгүҥҥүтээҕэр ордук буоларын испэр улаханнык саарбаҕалаабытым эрээри, дьүөгэм этиитин өйөөтөҕүм дии. Сөрүүн, хабархай амтаннаах тымныы утах кураанах куртахпар түспүтүгэр, бэл диэтэр сиһим дырылаан ылбыта. Аҕыйах мүнүүтэнэн халтараан сыыртан салаасканан түһэн эрэр киһи курдук санаммытым. Хайдах эмэ гынан холуочуйбут турукпун тохтотуохпун баҕарбытым эрээри, бу эрэйдээх долгуҥҥа быраҕыллыбыт мас сыыһын тэҥэ буолбутум, утарылаһарга сэниэ да, кыах да суоҕа.
Оттон Арина кэпсээбитин курдук кэпсии олорбута. Соторутааҕыта Кореяҕа сылдьан кэлбит.
– Эн хайдах тулуйан-тэһийэн биир сиргэ олороҕун? – миигин буруйдуур курдук ыйыппыта.
– Һ-м, ханна барыахпыный?
– Бардыбыт, саатар Кытайга.
Мунньубут харчым дуомунан быраатым дьиэ атыылаһарыгар көмөлөһүөхтээхпин санаан, «кэлин, билигин олох бириэмэм суох» диэн куотуммутум.
Арина кэпсэтии хайысхатын сүр түргэнник уларытар ураты дьоҕурдаах. Бу да сырыыга эмискэ: «Дима эрийэр дуо?» – диэн хайдах эрэ аһынардыы ыйыппыта. Дима – мин урукку кэргэним. Биэс сыл устата дьон ымсыырыар диэри эйэ дэмнээхтик олорон баран, биир күн иһигэр, атырдьах салаатыныы арахсыбыппыт. Арахсыахпыт дуо, кини барбыта. Биричиинэтэ бэриллибит биэс сыл иһигэр кыайан оҕоломмотоҕум буолар.
Дима миигиттэн эдэркээн бэйэлээх Люся диэн тэрбэччи көрбүт кыыска көспүтэ. Хаһан эрэ холбоһорбутугар «өллөхпүтүнэ даҕаны бииргэ сытыах-пыт» диэн андаҕайбыта ханна баарый? Итии чаанын субу таһаараары, өрө тэбиэлии турар вулкантан икки атаҕынан куотардыы, бэрт