ТОП просматриваемых книг сайта:
Барыта алҕас этэ…. Огдо
Читать онлайн.Название Барыта алҕас этэ…
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3098-9
Автор произведения Огдо
Издательство Айар
Ол эрээри Маайыс инньэ гынар кыаҕа суоҕа, кини хаһан да уолга сыстыбатах, буолаары буолан эр дьоҥҥо чугаһаабатах туҥуй-сэмэй майгыта кинини көстүбэт ситиинэн ыга баайбыта. Ол оннугар кыыс өйүгэр уол кэпсээнэ ыраахтан дуораан курдук иһиллибитэ, дьылҕа кытаанах кыһарыйыыта кини тута… сөбүлүү көрбүт (дьиҥэр, истибит, аахпыт буоллаҕа ини?) Виталигын самнарбытыттан курутуйбута уонна ону кытта тэҥҥэ атыны санаабыта. «Миигин хайгыыр профессор уола баара, наһаа сэҥээрэр буолара… абам эбит, билсэ барарым дуу, хайдах да быһаарыллыбат боппуруос диэн суох, мин булгуччу ыйыталаһыам, билиэм… уонна Виталийга көмөлөһүөм…»
Маайыс оргууйдук төбөтүн көтөҕөн уол диэки көрбүтэ, анарааҥҥыта кыыстан куотар курдук илиитинэн бүөлүү туппут хараҕын кистээбит этэ уонна уол диэҕи итэҕэппэт кыырыктыйбыт баттахтар дьикти баҕайытык, «тоойуом, бу эн аналыҥ буолбатах, ааны сабан бар, уһаама» диэхтии, сааһа-наара суох ыһыллан, кулгааҕын кэннигэр мустубут этилэрэ. Кыыс, тугун дьиибэтэй диэн мунаара көрбүтэ да, сылаас тыыны билбэтэх, өлбүтү санатар тымныы баттахтар тугу да саҥарар кыахтара суоҕа…
Кини турбута. Уол хамсаабатаҕа. Кыыс аан диэки баран иһэн:
– Виталий, мин бу эргин кэллэрбин эрэ билсэ сылдьыам, – диэн, хоргуппаттын эрэ диэбит курдук, олуона соҕустук тыл көтөхпүтэ.
Киһи сүр ыараханнык үөһэ тыыммыта уонна:
– Бэркэ сылдьаар, наадаҕын ситиһээр, – диэн аат эрэ харата, уларыйан хаалбыт кэһиэхтээх куолаһынан хардарбыта уонна илиитинэн хайдах эрэ сүүһүн дуу, оройун дуу таарыйарыгар… били кыырыктыйбыт баттах… хамсыырга дылы гыммыта.
Маайыс харахтара кэҥээбитэ: хайдах хайдаҕый диэн өссө эбии бутуллубута уонна төттөрү уолга чугаһаан кэлбитэ. Онуоха биирэ эмискэ:
– Чугаһаама! Барар сиргэр бар! – диэн хаҕыстык соруйардыы саҥарбыта.
Кыыс дьик гына тохтуу түспүтэ, онтон эргиллэ биэрбитэ да, хобулугунан тоһугураан тахсан барбыта.
Барда-аа!.. Бүттэҕим… аны кэлбэт! Оо, таҥаралара диэн ханна эбитэй, көмөлөспөт да буолан…
– …Абыранаахтыыр ээ… – диэн Виталя абаккатыттан кимҥэ да туһаайбыта биллибэттик саҥа аллайбыта, сутуруктарынан кириэһилэтин тоҕоноҕун охсубута уонна икки илиитинэн сирэйин саба туттубута, били баттаҕын туура тарпыта.
Онуоха баттах оннугар килэгир тараҕай төбө килбэс гыммыта, борук-сорук дьиэ иһигэр бу дьулаан соҕус хартыына, дьэ, силигэ сиппитэ… Кырдьыга, бу түгэҥҥэ Маайыс манна суоҕа ордук да курдук этэ.
Онтон ыла нүһэр хараҥа күннэр Виталий сүрэҕин эмэн барбыттара. Оо, күн-дьыл уһаан да биэрээхтиириэн, түүн кэлэн быстыбатыан, сарсыарда уһуктан дьоллооботоҕуон? Уол санаатыгар Маайыс, итиччэ бэйэлээх үлэһит, талбыт курдук талыы көрүҥнээх кыыс, кинини умнубута чуолкай. Сордоох, эриирдээх-бутуурдаах муҥнаах олохтоох