ТОП просматриваемых книг сайта:
Ситтэрбэти ситээри…. Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ
Читать онлайн.Название Ситтэрбэти ситээри…
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4992-9
Автор произведения Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ
Издательство Айар
Үөһэттэн өҥөйөн көрдөххө, карта биир туочуката – кыра сир лоскуйа, оттон Сири тыыннаан олорор киһи тэбэр сүрэҕин үйэтигэр тэҥҥэ сылдьар өйдөбүлэ, өйөбүлэ – төрөөбүт дойдуга – сайдыы модун сүүрүгэр суураллан сүтүүтэ, ол сүтүк ахтылҕан ааспат аалыыта буолуута, Сир Ийэҕэ киһи төрөөбүт дойдулаах буоларга толору бырааптааҕа, «сайдыы» ким эрэ эстиитин төрдө буолуо суохтааҕа, өйгө-сүрэххэ иҥмит төрөөбүт буорга хаһан эрэ «хатыҥ чараҥ суугуна дьүрүскэн буолан иһиллибит», «кырылас кумаҕа кырыымпалыы ыллаабыт» тыыннара – Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ поэзиятын биир сүрүнэ буолар.
«Хас биирдии киһини дойдута,
Төрөөбүт түөлбэтэ күүтүөхтээх,
Үс кута үөскээбит уйата
Күүс-күдэх киниэхэ биэриэхтээх»,
– диэн, поэт бэйэтэ эппитин курдук, киһи төрөөбүт түөлбэтиттэн күүс-күдэх ылар, тирэхтэнэр, кынаттанар. Оттон төрөөбүт түөлбэтэ «сайдыыга» суураллан сүппүтүн да иһин, поэт Чуона Мэхээлэ поэзия күүһүнэн тилиннэрэн, хагдарыйбыт «ньургуһуну иккистээн тылыннарбытын» курдук, дьон сүрэҕэр тыыннаах тылларынан кутар:
«Кэҥээбит урсуна налыйан,
Кытылын сибэкки симээбит,
Кырылас кумаҕа тэлгэнэн,
Кырыымпа кэриэтэ ыллаабыт.
Күөрэгэй ырыалаах хонууга
Күөх ача күөгэйэ долгуйбут,
Хатыҥнаах чараҥын суугуна
Сэбирдэх сиккиэрин түһэрбит.
Чуонаны харыстыыр, көмүскүүр
Тиит мас хаххалаах дьирбиилэр,
Имигэс, күөгэҥнэс талахтар,
Эркиннии сабардыыр хайалар»,
– бу Чуона Мэхээлэ «Айанньыт кубалар намтааннар…» поэматыттан быһа тардыыга Күннүк Уурастыырап кэрэ дьикти Амма кытылын «тыалыра турар талахтарын» сайаҕас тыала илгийэр.
«Айанньыт кубалар намтааннар…» поэма 9 чаастан турар, аарыма кырдьаҕас санаатынан бэриллэр айымньы. Поэмаҕа быстах санаа тууйуллуутугар оҕустаран, муннугу-ханныгы кэйэ сатааһын суох, ол оннугар «соҕотох сулуһу санатан кытылга кыламныыр кулуһун аттыгар ыар дьэбир санааҕа баттаппыт кырдьаҕас» дойдутун дьылҕатын анаарыыта суруллар. «Түүн түһээн, төрөөбүт түөлбэтигэр бар дьонун көрсөн, алгыстаах тылларын истэн» «силбиги күөнүнэн силэйэн, кырдалы кэрийэ сүүрэр». Туой Хайа, эмиэ бу аарыма кырдьаҕас курдук, сыл-хонук тыалыгар иэдэһин тоһуйан, Ийэ Айылҕа уонна Киһи биир ситимнээхтэрин туоһута буолан, дьиппиэрэн турар:
«Туой Хайа киил киппэ санныгар
Сылайан дьиппиэрбит үйэлэр,
Тайанан күүс-күдэх ыланнар,
Дьоһуннаах айаны салҕыыллар.
Сааһыран саһарбыт иэдэһин
Сыл-хонук тыалыгар тоһуйар,
Ардах-хаар үөһэттэн суккуллан
Өбүгэм суолларын суурайар…».
Оттон быраман дьыллартан «систэри, маардары туораабыт, сыһыылары, хочолору силэйэн, сыркы, сүүрээн тардыһан, таһымныы, дьалкыйа кэҥээбит кыыс кэрэ Чуона барахсан, өрүүлээх суһуохтуу субуллан, маанылаах хотуннуу нэлэйбит». Поэт маннык тыыннаах тылларынан төрөөбүт өрүһүн хоһуйар, кэрэ кыыска, хотун дьахтарга холуу көрөр:
«Бу маннык уу нуурал дойдуга
Таптал уйата тутуллубут,
Оҕо-аймах көрдөөх күлүүтэ
Сүрэҕи үөрүүнэн толорбут».
«Тэлэллибит тэргэн суоллардаах, арыллыбыт киэҥ аартыктардаах», ойуурга көтөрө-сүүрэрэ, күөллэргэ көмүс хатырыктааҕа толору, быыппастар былчыҥнаах уоланнардаах, кыталык кылбаа кыргыттардаах «баайталым олох устубут» дойдутун дьоно, хоту дойду дьонун үөрүнньэҥ майгытынан, маҥнай алмаас таас көстүбүт сураҕын истэн үөрбүттэр, «алдьархай ааҥнаан кэлиэхтээҕин түүллэригэр да көрбөтөхтөр».
«Арҕааттан халҕаһа былыттар
Алдьархай илдьитэ буоланнар,
Сир-дойду үрдүнэн ааҥнааннар
Сабардыы халыйан тахсаллар.
Туой Хайа ыаһыран, уордайан
Тыйыстык хаастара түрдэстэр,
Чуонабыт өрүтэ түллэҥнээн
Балысхан бааллара ынчыктыыр.
Этэллэр эҥсиллэр этиҥнэр,
Лиһигир, лүһүгүр сүүрэннэр,
Чуонаны далайга тимирдэр —
Хомолто сураҕа тарҕанар…».
Муҥутуур сайдыы киһи дьылҕатын аахсыбакка, дьулуруйа турара трагедияҕа тиэрдэр. Ааптар бу аан дойдуга буолар быһыыны-майгыны, таһыттан көрдөххө, сахалыы холкутук, дьиппиэнник, киһи өссө көмүскэнэр кыахтаах туругун тутан олорон суруйар. Ол хоһоон формалаах поэма, ханнык да риторическай ыйытыылара суоҕуттан, маннык түбэлтэлэргэ литературнай айымньыларга үксүн туттуллар норуот тылынан уус-уран айымньыларын тыла-өһө кэлимсэнэн